Хапсыһыы: сэһэн
Обложка

Хапсыһыы: сэһэн

Сибиир билиҥҥи сэһэнэ

Якутскай

Саха сиринээҕи кинигэ издательствота

1983

304 с.

Краткое содержание

1970-с сыллар. Саха сиригэр көҥүл тустуу спорт бары көрүҥнэриттэн өрөгөйдөөн сайдыбыт кэмэ. Биир нэһилиэк оскуолатыгар сатабыллаах тренер Михаил Павлович Керемясов тустуутун куруһуогугар дьарыктаммыт Толя Догоров уонна Гриша Бусхатов Сэбиэскэй Сойууска 18 саастарын туола илик уолаттар ортолоругар бэйэлэрин ыйааһыннарыгар чемпионнаан эргиллэллэр. Кинилэри нэһилиэктэригэр уруйдуу - айхаллыы көрсөллөр. Бу уолаттартан биир сыл аҕа саастаах табаарыстара Артур үөрүүгэ кыттыһарга мэлдьи бэлэм. Устудьуон киһи быһыытынан Артур бастаан Сэргэлээххэ көрсүһүүнү тэрийбитэ. Кэлин көрсүһүү тэрээһиннэрэ үксээн барбыттара.
Гриша Москваҕа баран үөрэххэ киирэр. Кини эҥкилэ суох квалификационнай киниискэтин сыаналаан Петр Игнатьевич Дроздов диэн ирдэбиллээх тренер бэйэтигэр сыһыаран эрчийбитинэн барар. Григорий 29 саастаахтарга диэри Японияҕа буолар табаарыстыы көрсүһүүгэ тустаары Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн күүскэ дьарыктанар. Японияҕа ситиһиилэнэн кэлбит бөҕөс аны Канадаҕа Аан дойду чемпионтыгар кытта барар. Кини онно эмиэ чемпионнаан аата – сураҕа биллэн барар.
Толя Сэргэлээҕинэн, куоратынан Артуру батыһа сылдьан көрсүһүүлэртэн ордубат. Кыһыҥҥы сессиятыгар зачет ылбакка эрэйдэнэр. Тренерыгар, Баабылабыска аҕала сатыы – сатыы кыыһыран, арахсан хаалбыттара. Уол үөрэҕэр оҕустаран барбытыгар дьүүллэһии буолбутугар Артур Доргуевы буруйдууллара оруннаах.
Кини биирдэ Москваҕа хомуурга баран иһэн самолекка үрдүк сололоох Н. Н. Петров биир ыйдааҕы курска баран иһэрин кытта аргыстаһан, кини кыыһа, МГУ студентката Наташаны кытта билсиһэн бииргэ айанныыллар. Толя доҕоро Гриша эмиэ Аан дойдуга тустууга барбыт, онтон кини буоллаҕына, “төбөтө эргийэн” Баабылабыс биэрбит буораҕынан республика иһигэр эрэ хачымахтаһа сатаахтыыр эбит. Саат!
Гришаҕа тустуу федерацията дойдутугар баран кэлэригэр биир нэдиэлэлээх уоппуска биэрбит. Петр Игнатьевич кэскиллээх тустуугу эҕэрдэлээн баран, уол Аан дойду чемпиона буоллум диэн бэйэни уоскутунара сатамматын, бу ситиһиитин атын тустууларга бигэргэтиэхтээҕин этэн туран, чемпион хотторор бырааба суоҕун тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Бу кэмҥэ Толя үөрэҕин хаалларан, совхоһугар кэлэн балыксыттар биригээдэлэригэр үлэлии сылдьар. Гриша кэлбитигэр доҕордуулар куобахтыы сылдьан ирэ-хоро кэпсэтиилэригэр Толя доҕоругар “Мин кырдьык улаханнык иһэ сылдьыбытым. Аны маннык буолуо суоҕа. Михаил Павловичка дьарыктанан эрэбин. Бу ас эппин – хааммын ончу эмпит. Уруккум буолбатах. Эстэн хаалабын. Күүһүм да, реакциям да ырааҕынан тиийбэт,” – диэн билинэн, күүскэ дьарыктаннаҕына эрэ туох эмит ситиһии кэлэрин өйдөөн, атыҥҥа туохха да аралдьыйбакка, дьарыктанан эрэр.
Онтон Григорий Бусхатовы “Москвич” массыыналары оҥорор заводка олимпийскай эрэллэри кытта көрсүһүүгэ ыҥыраллар. Кини онно аан бастаан Лена Джумалиеваны сэҥээрэ көрөн, билсиһэллэр. Гриша бу сылдьан аны дипломун “туйгуннук” көмүскүүр уонна Союз чемпионатыгар кыттаары сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэн эрчиллэр. Толя хаа – дьаа суруйар. Оройуоҥҥа чемпионнаабыт. Аны республикаҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьар үһү.
Гриша сотору – сотору буолуталыыр ойоҕос күрэхтэһиилэргэ сылдьар буолан олимпиадаҕа бэлэмнээх тиийдэ. Биэс эргииргэ хотторуута суох ыраастык баран иһэн, быһаарыылаах көрсүһүүгэ 12:1 очконан хотон, олипийскай чемпион буолла!
Толя Догоров арыгытын бырахпыта ыраатан эрэр да, ол кырыыстаах аһын дьаата билигин да баар. Олунньуга Намтан “Урожай” уопсастыба республикатааҕы чемпионатыгар кыттыбыта. Өр тустууттан ата сылдьан баран, Толя аан маҥнай онно чемпионнаан сүөм үрдээн, харыс улаатан үөрэн – көтөн олорон бэйэтэ – бэйэтигэр тыл бэриммитэ. Онтон санаата көтөҕүллэн Наташаҕа телефоннаабытыгар, хата кыыс улгумнук театрга барсыаҕыттан ыла, кини каникула бүтүөр диэри куоракка бииргэ сырыттылар. Онтон бу чемпионакка сорохторун опытынан хотон, мөлтөхтөрүн дьиҥ чахчы баһыйталаан финалга тиийэн кэллэ. “Дьэ, иккис миэстэ да үчүгэй эрээри, Наташам баарыгар хотторорум абалаах,” дии саныыр өҥүрүк куйааска эрчиллэ сылдьар бөҕөс.
Сатахха бэҕэһээ Гриша кэргэнинээн кэлбит сурахтаахтара. Аан дойду чемпиона, олимпийскай чемпион. Кэргэнэ били аатырбыт Джумиалиевалара эбит. Аан дойдуга иккис миэстэлээх сүүрүк. ССРС рекордсменката.
Кыһын Наташа каникулугар кэлэн барыаҕыттан аны киниттэн “Догорову Анатолию Александровичу” диэн ааттаан күндү да суруктар кэлэр буолбуттара. Форматыгар киирэн эрэр тустуук оройуон хамаандатыгар киирэн баран, кыыһын үөрэҕин бүтэрбитинэн эҕэрдэлээбитэ. Наташаны аспирантураҕа хаалларбыттар. Кыыс биир ый сынньана кэлиэҕиттэн күн аайы “Спартак” стадиоҥҥа кэлэн, киин трибуна анныттан тустууну көрөр.
Сарсын тиһэх тустуу. Степанов кыахтаах уол. Бу сырыыга эдэр киһи очконан хотто. Толя Гришаҕа хотторуутун хомолтотун эппитигэр, доҕоро:”Эн саамай сүрүн хапсыһыыга, олоххо хотон спортка эргилинниҥ. Онтон атын улахан кыайыы баар буолуон сатаммат!” – диэбитэ.
Үтүөкэн да күннэр үүннүлэр ээ, доҕоттор!

Пересказала Альбина Иванова

Неймохов, Егор Петрович
Хапсыһыы : сэһэн / Егор Неймохов. - Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1983. - 294, [1] с.

Войдите в систему, чтобы открыть документ

Материалы по теме
Вам будет интересно